Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сүрүн сонуннар

Бүгүҥҥү сонуннар

Бэлиитикэ

Олохтоох салайыныы реформата

Саха Сирин парламена федеральнай бэбиэскэнэн улахан үлэни ыытта. Олохтоох салайыныыга киирэр киэҥ хабааннаах уларыйыылары, 33 №-дээх федеральнай сокуону дьүүллэһэргэ дьокутааттар хас да сыл үлэлээтилэр. Бастакы көрүүнэн куоракка уонна тыа сиригэр олохтоох…
03.10.26 10:04

Экэниэмикэ

Хоту табаары тиэрдэргэ экипааһа суох тиэхиньикэни үөрэтиэхтэрэ

Бу нэдиэлэҕэ СӨ Аартыка сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ иһинэн биэдэмистибэ икки ардынааҕы оробуочай мунньаҕар Саха Сирин уонна Иркутскай уобалас былааһын уорганнарын, Атыы-эргиэн бырамыысыланнай балаататын бэрэстэбиитэллэрэ,…
17.09.26 10:22

Уопсастыба

Култуура

Кэрэни дьүһүйэр ырыа кэхтибэт, кырдьыбат...

Ыам ыйын сайыҥҥылыы намыын, уйгу-быйаҥ илгэлээх ылааҥы киэһэтигэр Хатас “Тускул” култуура киинин уораҕайыгар ырыаны таптааччылар, санаа сырдык иэйиитин ырыанан тиэрдээччилэр, ырыаны айааччылар муһуннулар.
28.05.26 20:02

Түһүлгэ

Бэс ыйын саамай уһун күннэрэ, үрүҥ түүннэрэ

Сандаарыйа тыкпыт сайар күн сайаҕас тыына, окко түспүт ойор күн көөчүктүүр күлүмэ бэс ыйын бэтиэхэтин бэлэхтээтэ, сайыммыт саҕаламмытын биллэрдэ. Сыыйа-баайа сытыырхатан, сэргэхситэн, улам-улам минньитэн, уларытан-тэлэритэн үрүҥ түүнү күүлэйдэтиэ, торҕо күөҕү…
04.06.26 10:59

Куобах кээнчэ

Маарыйа бүгүн кыыһыгар күүлэйдии барыахтаах. Хаһан да буоларын курдук туох эмит…
20.04.26 09:04

Тыа сирэ

Соморсуҥҥа – Механизатордар күрэхтэрэ

Муус устар 11 күнүгэр Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин Элэһин бааһынатыгар улуустааҕы Механизатор күнэ үһүс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Тыа сирин туруу үлэһиттэрин күрэхтэрин үөрүүлээх аһыллыытыгар эҕэрдэ тылларын Ил Түмэн дьокутаата, парламент…
14.04.26 20:52

Дойдуга бэриниилээх буолуу сыла

Анал байыаннай дьайыыга көмө сылы эргиччи оҥоһулунна

2025 сылга Саха сириттэн төрүттээх анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт 150 тырааныспары көмө быһыытынан туттулар. Уопсайа 200 туонна гуманитарнай көмө тиэрдилиннэ. Бу туһунан Донбасска көмөнү оҥорор Хотугулуу-Илиҥҥи пуонда уонна “Вместе…
24.12.25 17:42

Устуоруйа

Устуоруйа

Бөрөлөөх күүлэтин кистэлэҥэ

Сахалар быдан үйэлэр түгэхтэриттэн бөҕөргөтүүлээх күүлэлээхтэрин туһунан үһү - бадах үһүйээннэргэ ахтыллар. Сорох биллэр үөрэхтээхтэр ол иһигэр, А.П.Окладников “Якутские “острожки” упоминаются казаками уже с 1633 г., ...конструкция ее в основе резко…
12.03.26 17:20
Устуоруйа

Буккуурдаах Буобура суола

Өлүөнэ кытылын баһылааһын нуучча кэлиэн быдан инниттэн, Кытайы кытта күндү түүлээҕинэн…
06.02.26 09:27
Устуоруйа

Эргэ каарта кистэлэҥэ

Устуоруйаҕа биллэринэн “Чертеж Сибирской земли” дэнэр Сибиир бастакы каартатын Тобольскай…
26.12.25 13:32

Кэлиҥҥи кэмҥэ  Саха сиригэр киинэ-индустрията лаппа сайынна. Ону саҥаттан-саҥа киинэлэр тахсаллара туоһулуур. Бүгүн Дьокуускай куоракка «Лена» киинэ тыйаатырыгар Татьяна Эверстова «Замыкание» диэн киинэтэ сүрэхтэннэ. Киинэ саҕаланыан иннинэ СӨ култуураҕа миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин эҕэрдэлээн туран, министиэристибэ аатыттан Махтал суругу үөрүүлээх быһыы-майгы ортотугар туттарда.

Кэлиҥҥи кэмҥэ  Саха сиригэр киинэ-индустрията лаппа сайынна. Ону саҥаттан-саҥа киинэлэр тахсаллара туоһулуур. Бүгүн Дьокуускай куоракка «Лена» киинэ тыйаатырыгар Татьяна Эверстова «Замыкание» диэн киинэтэ сүрэхтэннэ. Киинэ саҕаланыан иннинэ СӨ култуураҕа миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин эҕэрдэлээн туран, министиэристибэ аатыттан Махтал суругу үөрүүлээх быһыы-майгы ортотугар туттарда.

Түгэнинэн туһанан, норуот дьокутаата Михаил Эверстовтан ыйытыласпыппытыгар, «Кэргэним Татьяна бу иккис киинэтэ буолар. Элбэх бэстибээллэргэ кытынна. Бу киинэни прокат оҥорон таһаараары  Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр  көрдөрдүбүт.  Санатар буоллахха, бастакы «Его дочь” диэн киинэтэ  2016 сыллаахха “Окно в Европе” диэн Выборг куоракка ыытыллыбыт киинэ бэстибээлигэр  грант-при аатын ылбыта.  Бу бэстибээл таһыма олус улахан, Арассыыйаҕа, аан дойдуга биллэр-көстөр киинэ кириитиктэрэ, режиссердар дьүүллүүр сүбэҕэ кытталлар. Холобур, 2015 сыллаахха буолбут бэстибээлгэ төһө да элбэх киинэ кыттыбытын үрдүнэн биир да киинэҕэ грант-при аатын биэрбэтэхтэр этэ. Оннук кытаанахтык, дириҥник көрөн киинэни сыаналыыллар. Онон 2016 сыллаахха кэргэним киинэтэ грант-при аатын ылбыта элбэҕи туоһулуур.  “Его дочь» уонна «Замыкание» киинэлэр авторскайдар, кэргэним олоҕун көрдөрөллөр. Маҥнайгы киинэҕэ кыра эрдэҕинээҕитэ көрдөрүллэр буоллаҕына, иккискэ кини улааппытын кэннинээҕи олоҕо ойууланар. Иккис киинэ Уус Алдаҥҥа уһуллубута. Кэргэним Татьяна  киинэтэ бүгүн Дьокуускайга сүрэхтэммитинэн киэн туттабын, олус диэн үөрдүм. Кэлиҥҥи кэмҥэ саха киинэлэрэ аар-саарга лаппа аатырдылар», - диэн санаатын үллэһиннэ.

киинэ jpg

Киинэ сүрэхтэниитэ норуот дьокутаата Михаил Эверстов бүгүн төрөөбүт күнүгэр буолбута эмиэ мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо. Түгэнинэн туһанан, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ” кэлэктиибэ Михаил Ильиһы күн сирин көрбүт үтүө күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир.

фото jpg

замыкание фото

кино сана фото

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0